Хас биирдии төрөппүт оҕотугар баҕа санаата, кини нус — бааччы олохтоох, инникитэ барыта сырдык, ыраас буолуон баҕарар эбээт. Оҕо хайдах уопсастыбаҕа, учууталга, дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиитэ инники олоҕор олус улахан суолталаах. 1985 сыллаахха Арассыыйа биллэр хампаһыытара Евгений Крылатов, Юрий Энтин хоһоонугар оччотооҕу бириэмэ дьонун-сэргэтин сүрэҕин долгуппут «Гостья из будущего» биэс сериялаах фантастика киинэтигэр анаан «Прекрасное далеко» хайа да бириэмэҕэ холобур буолар ырыаны суруйбута, күн бүгүнүгэр дылы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн ылланар, ордук чуолаан күргүөмүнэн толорор оҕо кэллэктииптэрин көмүс репертуардарыгар баара туоһулуур.
Саха оҕото дэгиттэр талааннааҕын бүтүн Сойуус үрдүнэн биллэрбит, киин телевидениятыгар, радиотыгар уһуллубут, фольклортан классикаҕа тиийэ үрдүк таһымнаахтык ускуустуба үрдүкү чыпчаала буолбут академическэй хоровой толорууну баһылаабыт «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбыла, Арассыыйа үтүөлээх кэллэктиибэ «Прекрасное далеко» ырыаны толоруута, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үөрэтиллэн, көмүс репертуарыгар киирбитэ. Ансаамбыл салайааччыта, уһуйааччыта Василий Степанович Парников (“Маэстро детского бельканто”) «Кэнчээри» ансаамбылы төрүттээбитэ, быйыл оруобуна 50 сыла. Кэнчээри диэн тыл сахаларга хотуур охсон ааспыт сиринэн чэлгийэ үүнэн тахсыбыт сирэм күөх оту (кэнчээрилээбит) ааттыыллар, инники кэскилбит, кэнчээри ыччат (подрастающее поколение) диэн өйдөбүллэргэ тутталлар. Оттон култуура, ускуустуба, үөрэх эйгэлэригэр кэнчээри диэн тыл, ырыаны уонна үҥкүүнү тэҥҥэ дьүөрэлээн холобур оҥостор үрдүк таһымнаах ансаамбыл, бастакынан суол тэлээччи, кэрэҕэ кынаттыыр кэнчээри диэн билинэллэр.
Үбүлүөйдээх сылы көрсө, кулун тутар 27 күнүгэр ыытыллыбыт «Кэнчээри – мин олоҕум суолун айар кэрчигэ» көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ уонна быйылгы сылга бастакы бэлэмнэнии тэрээһинигэр «Кэнчээри”-лэр ырыалара Саха национальнай аркыастырын доҕуһуолугар, сүрүн дирижер Николай Павлович Петров кыттыылаах барбыта (Оркестр национальных инструментов Национального театра танца имени С.А.Зверева-Кыыл Уола). Выпускниктар ырыаларын, ким ханнык куолаһынан ыллыахтааҕын, партияларын өйдүүллэрэ, кэрэҕэ кынаттыыр, күүстээх оскуоланы ааспыттара тута харахха быраҕыллар. Бу күн «Прекрасное далеко» хор толоруутун көрө туран, «Кэнчээри” –кэнчээри ыччаттара араас идэни баһылаан, сахабыт сиригэр биллэр – көстөр үтүө дьон буола улаатан, сөҕүмэр элбэх ситиһиилэнэн, бу ырыа сүрүн ис хоһоонун уонна ансаамбыл аатын толору арыйдылар диэн, испэр сөҕөн, сүргэм көтөҕүллүбүт салгынын (тыынын) суругунан билиһиннэрдим.
Егор Иванов, «АЙАР КУТ» түмсүү салайаачччыта.