Бүгүн кулун тутар 2 күнүгэр РСФСР културатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ билимин үтүөлээх деятелэ, профессор, философия билимин дуоктора, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Ньурба түмэлин төрүттээччи, Таркаайы нэһилиэгин, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо Ксенофонт Дмитриевич Уткин – Нүһүлгэн төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт улахан тэрээһиннэри түмүктүүр «Ыллыыр омук — кэскиллээх…» ахтыы, ырыа — тойук дьоро киэһэтигэр дьон-сэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатын сүгэр норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр муһунна.
Ксенофонт Дмитриевич олоҕун усталаах туоратыгар кинилиин алтыспыт, сүбэ -соргу буолбут, уһуйбут дьоно саха киэн туттар киһитин истиҥник ахтан -санаан аастылар. Ол курдук, духуобунаска, сиэргэ -майгыга, култуураҕа, итэҕэлгэ, философияҕа, о.д.а хайысхаларга Ксенофонт Уткин киллэрбит сүҥкэн кылаатын, баараҕай үлэтин, тэлбит дириҥ, далааһыннаах суолун тустарынан долгутуулаахтык кэпсээтилэр. Кини хоһоонноругар айыллыбыт, дьон -сэргэ кутун туппут «Оккоолойдоон-оккоолой», «Кэскил ырыата», «Ньургуһун ыһыаҕа», «Күөгэйээнэ», «Ыллыы сылдьыах байаан», «Саргыбыт сайыннын», «Үрэхпэр эргиллии», «Дьол-ырыа куората» уо.д.а. ырыалары Алексей Калининскай-Луҥха, Александр Емельянов, Юрий Баишев, Алевтина Лукинова, Кыталы Куо, Розалия Тихонова, уо.д.а ыллаатылар.
Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар, «Күн дьоно», фольклор ансаамбыла, «Сандал» үҥкүү ансаамбыла тэрээһини кэрэтик киэргэттилэр.
Елена ОБУТОВА.