Атырдьах ыйыгар, Чаппандэ нэһилиэгэр «култуурунай десант» https://www.youtube.com/watch?v=Kmr9BbKdq30 сир Ийэ дойду саамай ситэн, тупсан турар кэмигэр, быйаҥнаах ардах анныгар үлэбит да таһаарыылаах буолан биэрдэ. Олус кылгас бириэмэ иһигэр «Үйэлэри уҥуордаан» киинэни уһулуу түгэннэрин көрдөххө, ааспытын кэннэ санаатахха олус долгутуулаах (https://youtu.be/3RM-QmsIJMo, https://www.youtube.com/watch?v=lChMe3rWq_o).
Убайым курдук күндүтүк саныыр аҕа табаарыспын Леонид Моисеевич – Лүҥкүрү икки сыл ордугуна 10 ый анараа өттүгэр билсибит дьоллоохпун, күн бүгүнүгэр дылы үтүө сүбэһитим буолар (https://ayarkyt.ru/uduor-k-e-oloh-t-rd/). 2020 сыл олунньу ыйыгар буолуохтаах «Айхал эйиэхэ, төрөөбут дойдубут!» https://ayarkyt.ru/respublikanskij-festival-konkurs-patrioticheskoj-pesni-slava-tebe-rodina-nasha-ajhal-ejiehe-t-r-but-dojdubut/ хоровой бэстибээлигэр күргүөмүнэн толоруллуохтаах ырыалар муусукаларын (минустарын) уонна «Саха аркыастырын антологията” Сергей Зверев – Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын иһинэн Саха аркыастырын https://ayarkyt.ru/sakhaorkestr/ 30 сылыгар анаан бүтүөхтээх бырайык тыаһын — ууһун устар устуудьуйатын Леонид уруһуйдаабыт бырайыагынан оҥоруу тохсунньу томороон тымныытыгар саҕаламмыта https://ayarkyt.ru/studiya-zapisi/. Бу кэмтэн ыла араас хабааннаах тэрээһиннэр, бастатан туран тыас-уус эйгэтэ хаачыстыбалаахтык таҥыллар, тыаһыыр, уһуллар буоллаҕына үтүө түмүктэрдээх буоларын, хас биирдии киһи кэрэҕэ, сырдыкка дьулуһуута күүһүрэрин бэлиэтээн, маннык устуудьуйалар ордук тыа сиригэр (улуустарынан) тэриллиэхтээхтэрин, онно сөптөөх идэлээх дьон баар буолуохтаахтарын өйдөөбүтүм.
Чаппандаҕа тыаһы-ууһу таҥыы, устуу студията «Дойдум миэнэ Чаппанда» бырайыак чэрчитинэн https://ayarkyt.ru/kultdesant/ оскуола концепциятыгар “Школа креативных индустрий” олоҕуран, «Дьо5ур» култуура киинигэр, Лүҥкүр сүбэтинэн олохтоох администрация, култуура киинэ, оскуола, араас көлүөнэ выпусниктар көмөлөрүнэн биир сүрүн хайысха олоххо киирэр. Студия оҥоһуллар бириэмэтигэр Маргарита Ноева суруйуутунан киинэ сценарийа бүтэн, «Тииҥчээн» театральнай студия тэриллэн, үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатырын сүрүн режиссера Александр Титигиров https://ayarkyt.ru/smotret-na-mir-glazami-detej/ уонна кини бииргэ төрөөбүт балта режиссер, Ньурба улууһун култуура департаменын салайаачытын солбуйааччы Розалия Тартакынова буолан бэлэмнэнии үлэтэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, олохтоох нэһилиэнньэ, учууталлар буолан бэрт сэргэхтик бара турбута. Аҕыйах күнүнэн тыаһы-ууһу таҥыы, устуу студията үлэтин саҕалаан, култуурунай десант чэрчитинэн үлэлии кэлбит «Тыас — Уус, Дорҕоон, Доҕуһуол» эйгэтигэр «АМАКА» бөлөҕө https://chappanda.ru/intervyu/rok-b%D3%A9l%D3%A9h-salajaachchyta-afanasij-potapov-amaka-b%D3%A9l%D3%A9h-terilliitin-tu%D2%BBunan/, «КӨЙ ДУОРААН» төрүт дорҕоон уһуйаанын иилээн саҕалаан ыытааччы Анастасия Кардашевская https://ayarkyt.ru/tuujulla-syldybyt-sanaam-r-k-t-n-yryam-tulabar-ejeerer/, кыл кылыһах кырыымпаҕа уһуйааччы Дьулустаан Никифоров https://chappanda.ru/intervyu/dulustaan-nikiforov-o%D2%95o-kyl-kyly%D2%BBah-kyryympa%D2%95a-oonnuura-buollar-innikibit-keskilleh-buoluo-ete/, ырыаһыт, айааччы Уруйдаана Харитонова https://www.youtube.com/watch?v=vNbNKGBImkA&t=122s үөрүүлээх түгэнтэн кынаттанан, тирэҕирэн киинэ муусукатын айыыта, устуута саҕаланар.
Киинэбит устуутугар Чаппандаҕа «КЭМ-КЭРДИИ» — үйэ нэһилиэстибэтин аныгы кэм тэтиминэн үйэтитии уонна «КЭРЭ ЭЙГЭ» — фото, видео, дизайн медиа-киинин эйгэтин төрүттээбит десаннар видеограф Александр Маликов https://ayarkyt.ru/mir-cherez-obektiv/ , суруналыыс Лена Толстоухова https://ayarkyt.ru/lena-tolstouhova-bilbet-sirber-suol-telebin/, тыйаатыр артыыһа, элбэх киинэҕэ уһуллубут Дмитрий Алексеев, «PROФОТО» студия фотографтара Мичил Яковлев, Иван Петров https://profotoykt.pro/p/6f331d/, «Тииҥчээн» театральнай студия маҥнайгы иитиллээччилэрэ кыттыылаах күүстээх үлэ, сонун сүүрээн үтүө түмүктэрдээх буолан таҕыста https://www.youtube.com/watch?v=BV0f8cG07zQ&t=89s («Үйэлэри уҥуордаан» киинэ).
Тыа сирин олоҕор умнуллубат үтүө түгэннэри бэлэхтээбит десаннарбар махталым муҥура суох, биир санаанан салайтаран инники киэҥ былааннардаах хамсаныыларбыт туола турдуннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
«АЙАР КУТ» түмсүү салайааччыта Егор Иванов.
.