2012 сыл күһүнүттэн налоговайга урбаанньыт буолан бэлиэтэниэхпиттэн, номнуо 10 сыл элэҥнээн ааста. Бастаан өрөгөйдөөх тэрээһиннэри, бырааһынньыктары үйэлээх хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанан барбытым. Сааһыары аҕа табаарыспын фотограф, Ариан Васильевы кытта сүбэлэһэн кыра хоско ыҥырыыларга, аҕыйахтыы буолан кэлэн түһэр анал фотостудия арыйан үлэлэппиппит. Олус интэриэһинэй күннэр саҕаланан, бэйэни салайыныы, бэйэни тургутуу, эппиэтинэстээх буолуу «урбаанньыт” сүрүн ирдэбилэ күннээҕи олоҕу сирдээн барбыта. Кэргэним Сахаяна, маҥнай утаа аймахтарбытыгар, табаарыстарбытыгар, рекламабытыгар компьютерга дизайнарын, кинигэ версткатын туохтан да толлубакка, ханна да үөрэммэтэх, билбэт программаларын үөрэтэн, оҥортоон барбыта. Онон нэһилиэккэ өҥөбүт (услугабыт) өссө кэҥээн испитэ. Аҕыйах бириэмэ иһигэр Дьокуускай куоракка биир эйгэҕэ үлэлии — хамсыы сылдьар дьону кытта билсэн, кинилэр үлэлэрин көрөн, ханнык суолу тутустахха арыый атын уонна ситэриилээх, хоторуулаах буолуохтааҕын күннэтэ толкуйдуурбут.
2012-2013 сыл үөрэх дьылыгар, выпускной альбом оҥоруутугар ылсан үлэлэһэн бардыбыт. Ити сыл 3 выпускной группаттан заказ ылан бириэмэтигэр сүрдээх элбэх түбүгү көрсүбүппүт. Бастакы оҥорбут альбоммут (оҕо уһуйаана) оҥоруу бириэмэтин олус үчүгэйдик саныыбын. Сыл аастаҕын аайы кырачаан оҕолор улаатан иһэллэрин көрөҥҥүн, кинилэр ситиһиилэринэн тэҥҥэ үөрэр, долгуйар да буолар эбиккин.
2014 сылга Петра Алексеева, 73 аадырыһыгар, туспа үлэлиир дьиэлэнэн –уоттанан, студия PROФОТО — https://profotoykt.pro/ диэн профессиональнай цифровой фотолаборатория, бэчээттиир (полиграфия) салаа элбэх көрүҥүн оҥорор ону таһынан хаартыскаҕа уонна видеоҕа устуу эйгэлэрэ бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр комплекснай үлэлэрэ саҕаламмыта. Выпускной альбом оҥоруута тэтимин быспакка, көрүҥнэрэ элбээн, хас биирдии альбом хатыламмат дизайнаах, хаартыска уонна видео бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстэһэн тыыннааҕымсытан көрдөрөр хаартыскалардаах (оживающее видео https://www.youtube.com/watch?v=d3iIFcejaZA) альбомнар тахсыталаан барбыттара.
2019 сылга Саха сирин духуобунай уонна материальнай култууратын өйүүр, үбүлүүр, араас тэрээһиннэри ыытар «АЙАР КУТ» айар түмсүү тэрийэбит https://ayarkyt.ru/. Петровского 46/43 аадырыска эбии, саҥа киэҥ – куоҥ сырдык дьиэлэнэн айар айымньылаах үлэбит өссө тэтимирэн, кэҥээн, улахан бырайыактары олоххо киллэрэр студия дьиэтэ үлэтин саҕалыыр. Ол тухары бастаан тэриллиэхпититтэн илдьэ кэлбит өҥөлөрбүт тиһигин быспакка, өссө дириҥээн, улаатан, сөптөөх суолунан баран иһэрбитин туоһулууллар дии саныыбын.
Выпускной альбомнары кэнники сылларга ортотунан 6000 тиийэ оҥорор буоллубут. Итини барытын биир киһи буолбакка, сөптөөх хамаанда биир санаанан үлэлиир буолан ситэриилээх, хоторуулаах буоллаҕа. Быйылгы үөрэх дьылыгар, сыл аайы буоларын курдук элбэх ЧЭПЧЭТИИЛЭРИ көрдүбүт. Алтынньы ыйга 15%, сэтинньигэ 10% чэпчэтиилээх ВЫПУСКНОЙ АЛЬБОМНАРЫ оҥорууга, ону таһынан уопсай уонна биирдиилээн хаартыскаҕа түһэриигэ.
Егор Иванов, «PROФОТО» студия, «АЙАР КУТ» түмсүү салайаачччыта.