Олунньу 29 күнүгэр Ньурба улууһун Чаппанда «Дьоҕур» норуот айымньытын дьиэтин уурбут-туппут курдук тупсаҕай оҥоһуулаах киэҥ саалатыгар сарсыардаттан саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр, ханнык да киһи ис туругун уһугуннарар, дууһатын сылаанньытар, өбүгэ саҕаттан билиҥҥи үйэҕэ диэри уларыйбакка этиллэр-тыыныллар, илии-илииттэн ылсан үҥкүүлэнэр дойдубут, ол саҕана ССРС, фашистскай Германияны утары сэриилэһэн хоппут Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт үрдүк үөрүүлээх «КЫАЙЫЫ ОҺУОКАЙА» күрэх буолан ааста.
Сахалыы таҥастаах үтүө-мааны дьоммут сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан сарсыардаттан үмүөрүһэ мустан, аныгы үйэ сааһылыыр учуотугар туран, ааттарын-суолларын суруттаран регистрацияланан, күрэххэ кытта диэн ааттаан-суоллаан Үөһээ-Бүлүүттэн, Сунтаартан, Ньурба нэһилиэктэриттэн, Эбээн-Бытантайтан 70-ча кыттааччы кэлбит. Чаппанда кулуубун фойета оҕо-аймах чугдаархай саҥатынан,ытык саастаах мааны дьоммут сэмээр наҕыл сэһэргэһиитинэн, кэрэ кыргыттар, намыын хотуттар, уолан уолаттар, эр бэртэрэ күлүү-үөрүү кынаттаах дьолломмут туруктарын, дьол кыырпахтарынан туолла.
«АЙАР КУТ” сурунаал айар бөлөҕө — видеограф Павел Ефремов, фотограф Николай Барашков, историк Виктор Борисов, литературнай редактор Елена Толстоухова, директорбыт Егор Иванов салалтатынан бу ураты курэх «КЫАЙЫЫ ОҺУОКАЙА» хайдах ыытылларын көрөөрү-билээри уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ ону сырдатаары Ньурба улууһугар ыалдьыттаатыбыт.
Ньурба улууһугар «КЫАЙЫЫ ОҺУОКАЙА» куонкурус тэриллиитин туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, иллэрээ сыллаахтан саҕалаан (2018-19 с.с.) Ньурба куоратыгар Николаева Р.Н. “Ньурба оһуордаах оһуокайа” бырайыага, “Ньурба куората” муниципальнай тэриллии баһылыга Иванов А. И. өйөөһүнүнэн, Ньурба куорат тэрилтэлэрин икки ардыгар ыытыллан, отучча саҥа оһуокай этээччилэр түһүлгэ тэрийэн, бэйэлэрин холоммуттар. Былыргыттан быйылгыга диэри оһуокай куттаах Ньурба сайдам дьоно бу бырайыагынан сибээстээн өрө көтөҕүллүбүттэр, олус диэн биһирээбиттэр. Онон быйыл дойдубут Россия барыта бэлиэтиир Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө «КЫАЙЫЫ ОҺУОКАЙА» бырайыак оҥоһуллан, олоххо киирдэ. Ол курдук, Чаппанда нэһилиэгин олохтоохторо, администрацията, тэрилтэлэрэ, Чаппандаттан төрүттээх Ньурбаҕа, Дьокуускай куоракка олорор дьон күүстээх өйөбүллэринэн олунньу бүтэһик күнүгэр Россияҕа Өйдөбүл уонна Албан аат, Саха сиригэр патриотизм, Ньурба улууһугар үөрэҕирии сылыгар аналлаах Бүлүү бөлөх улуустарыгар «КЫАЙЫЫ ОҺУОКАЙА» күрэх буолан ааста.
Эдэр көлүөнэ, дойду дьоно сэрии үлүгэр сүтүктээх ыар сылларын умнубаттарын, уоттаах сэрии бу Орто дойду олоҕун укулаатын алдьатарын көрдөрөөрү, дойдуга тапталы ис- сүрэхтэн хоһуйар талааннаах оһуокайдьыт дьоммутун ыҥыран-түмэн “ Культура уонна норуот айымньытын Ньурба улууһунааҕы департамента” МКУ (салайааччы Тихонова Розалия Михайловна) салайыытынан, Чаппанда «Дьоҕур» норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ( салайааччы Иванова Раиса Егоровна) иилээн-саҕалаан, бэрийэн-тэрийэн ыыттылар. Раиса Егоровна кэпсииринэн, олохтоох нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттан, өйөөн, бу күрэх торума тохтообокко утумнаахтык, өрө күүрүүлээхтик барда.
Норуот бэйэтэ дойдуга буолар тэрээһиннэри, түбэлтэлэри, олох хамсааһыннарын көрөн-ааһан, кэрчик кэм хардыытын бэйэтин этинэн-сиининэн билэн, санныгар сүгэн, түөһүнэн тэлэн олороро чуолкай. Онон дойду олоҕун кытта тэҥҥэ хардыылыыр, саха норуотун саргытын уһансар айар дьоҕурдаах ытык дьоммут көрүүтэ бэйэтэ историяны суруйар диэн туран, кылгастык кэпсэтиилэрбитин ааҕааччыларга билсиһиннэрэбит.
84 саастаах Өҥөлдьө нэһилиэгин Аар Кырдьаҕаһа, «КЫАЙЫЫ ОҺУОКАЙЫН» «Уһун тыыннаах этээччитэ» Степанов Александр Иванович: «Улуу Кыайыы оһуокайын көрөн-истэн, дьону кытта алтыһан, оһуокайга уһуйуллан бэйэм кыттаарыбын Чаппандаҕа тиийэн кэллим. Кыра эрдэхпинэ оһуокай дьикти элбэх киһи этээччи. Биһиги Өҥөлдьөлөр Бэрэ диэн киэҥ да киэҥ сыһыыга олорбуппут. Ийэм фермаҕа ыанньыксыттыыр этэ, ыһыахтыыр сирбит былаһаакката күрүөтэ-хаһаата суох этэ. Таркаайыттан, Малдьаҕартан оһуокай этэр дьон бары кэлэн тыл этэн, тулабыт эргиччи оһуокай ырыатынан туолар этэ. Убайым, эһэм уола Степанов Прокопий диэн киһи күнү күннүктээн этэрин өйдүүбүн. Оччотооҕу оҕолор ыһыахха сөтүөлээн тахсан баран эр дьон кылыйалларын, куобахтыылларын көрөрбүт, улахан дьону үтүктэн эмиэ атах оонньууларын тэрийэн оонньооччубут, бэйэбит туспа куоталаһар этибит. Ферма оҕолоро бэйэбит уонча буолан оһуокайдыыр этибит. Бу саҕаттан саҕаламмыт эбит тыл этэрим дии саныыбын. Кэлин алта сыл Андайбыкка баран олоро сылдьан баран дойдубар эргиллибитим, киһи барыта оһуокай этэр буолбут, көрүөххэ-истиэххэ ол эчи үчүгэйин! Мин онно ымсыыран бэйэм эриллэн-мускулла, ыллаан, этэн, оһуокай диэтэхтэринэ өрө көрө түһэр буолбутум, билиҥҥээҥҥэ диэри этэ сылдьабын, кырыйдым диэн сынньанар санаа суох, доруобуйам этэҥҥэ. Кыайыы сылыгар 1945 сыллаахха бастакы дуу, иккис дуу кылааска үөрэнэр этим. Хаар элбэх этэ ол дьыл. Арай биирдэ маайга аттаах дьон бөҕө кэллэ, биэс холкуос дьоно атынан кэрийэ сылдьан Кыайыыны уруйдуулларын өйдүүбүн. Булуус үрүгэр кыра харалдьык тахсыбыт этэ, онно оһуокайдыыллара кэрэтин, үөрүүбүт үрдүгүн өйдүүбүн!”.
Чуукаартан куонкуруска кэлбит икки этээччилэри кытта билсэбин — Назаров Валерий Иванович, Кириллин Руф Васильевич. Оһуокай этээччилэр элбэх тыллаах-өстөөх буолуохтаах диэн саныырым, Валерий Иванович уонна Руф Васильевич элбэх саҥата суох, оруннааҕы эрэ кэпсиир дьон буолан биэрдилэр.
Назаров Валерий Иванович: “Оһуокай биһиги омукка тылбытын сайыннарар аналлаах үөһэттэн кэлбит бэлэх. Этэн-тыынан бардахха турукка киириэххин сөп, дьэ, оччоҕо урукку өбүгэлэрбит курдук төһө баҕарар уһун кэмҥэ суукканан да этиэххэ сөп. Ардыгар Бүлүү бөлөх улуустар- Сунтаар, Ньурба, Үөһээ-Бүлүү, Бүлүү оһуокайбытын олус намыыннык наҕыллык этэҕит диэччилэр. Ону мин санаабар, биһиги диэкилэр” традиция” диэни тута сылдьабыт, оһуокай дьиҥ хайдах этиллиэхтээҕин, аҕаларбыт, эһэлэрбит үөрэпиттэрин биһиги уларыппакка тута сылдьабыт. Биһиги бары биир турукка киирэн эйэ-дэмнээхтик олоруохтаахпыт, оһуокай дьиҥ ис турукка киллэрэр аналлаах. Онон былыр былыгыттан уларыйбатах-тэлэрийбэтэх диҥнээх төрүттэрбит оһуокайдарын биһиги Бүлүү бөлөх улуустар тута сылдьыахтаахпыт, саҥаны киллэрбэккэ, быһыытын-таһаатын алдьаппакка, уларыппакка».
Чаппандаттан төрүттээх, билигин Ньурба куоратыгар олоро Бухолов Николай Саввич: “Мин доруобуйабынан мөлтөхпүн, быраастар ону-маны боболлоро элбэх. Ол гынан баран сахалыы түмсүүлэри, ыһыаҕы көтүппэккэ булгуччу сылдьабын. Түһүлгэҕэ киирдэхпинэ сүргэм көтөҕүллэр, санаам, дууһам чэпчиир, хараҕым көрөрө кэҥиир, доруобуйам тупсар курдук буолар. Оннооҕор көннөрү туораттан оһуокайы көрөн олорор эчи үчүгэйин, санаабар бу манна сахабыт норуотун историята сурулла сылдьар курдук”.
«КЫАЙЫЫ ОҺУОКАЙЫН” «Түһүлгэ биһирэбилэ» бирииһи ылбыт Сунтаар Маар-Күөлүттэн кэлэ сылдьар Дархан этээччи Иванов Роман Данилович Чаппандатааҕы түһүлэҕэ икки эдэр этээччини, Ньурба театрын артыыстарын сэҥээрэ көрбүтүн бэлиэтээтэ. “Инникилэрэ кэскиллээх уолаттар бааллар эбит, итинник ис-сүрэхтэн дуоһуйан, астынан оһуокай тыынын тута сылдьар эдэр дьону көрөр бу үйэҕэ олус үчүгэй, инникитин Ньурба уолаттара сайдан, тахсан иһиэхтэрэ” диэн кырдьаҕас санаатын этиннэ.
Кырачаан оҕолор чугдаархай куоластара, үөрбүт-көппүт туруктара, чоҕулуспут харахтара, кэрэ сэбэрэлэрэ, сиэдэрэй таҥастара киһини эрэ кэрэхситэр, түһүлгэҕэ угуйар. Үөһээ-Бүлүү улууһуттан кэлэ сылдьар биллиилээх Дархан этээччи, педагог Мойтохонова Сахаайта салайааччылаах оҕолор аһаҕас бэйэлээх дууһаларын арыйан кэпсии-ипсии түстүлэр, “күннээҕи олоххо көстөр дьайыылар ис турукка мунньуллубут араас харгыстары оҥоруохтарын сөп, биитэр санааҕын ситэ эппэккэ тууйуллуоххун сөп, оччоҕо оһуокайдаатахха, ыллаатахха, үҥкүүлээтэххэ санаа баттыгаһа барыта ааһан, сүтэн симэлийэн хаалар” диэн үөрэ-көтө кэпсээтилэр. Манан сылыктаатахха, оһуокайбыт бэйэтэ психотерапевтическай дьайыылаах эбит диэн олус үөрэ иһиттим, оҕолору иитэр учууталларга испэр олус махтана санаатым.
Оһуокай сиэдэрэйкээн төбүрүөннэрэ бу күн, сайыҥҥы ыһыахха буоларын курдук, наскылдьыйа, көтө — дайа түһэн ыла-ыла киэһээҥҥэ диэри долгуннура оонньоото…
Дьүүллүүр сүбэ оһуокай этээччи ис хоһоонун арыйыытынан, тылын-өһүн истэн, түһүлгэтин тула төһө киһини түмэриттэн, тутта-хапта сылдьыытын барытын учуоттаан туран, түмүктэри таһаарда:
8-14 саастарыгар диэри:
1 үрдэл – Васильева Камилла – (Ньурба, сал. Платонов В.Н.),
2 үрдэл –Николаев Эрнест — ( Үөһээ-Бүлүү, Мэйик сэл., сал. Чирикова Нь.В.),
3 үрдэл – Александрова Анастасия – (Ньурба., сал. Антонова А.В.)
15-18 саастарыгар диэри:
1 үрдэл – Яковлева Дина – (Үөһээ-Бүлүү., сал. Хобусарова М.В.)
2 үрдэл – Егорова Ольга – (Үөһээ-Бүлүү., сал. Хобусарова М.В.)
3 үрдэл – Адамова Александра – (Үөһээ-Бүлүү, Мэйик сэл., сал. Чирикова Нь.В.).
2 бөлөх
19-35 саастарыгар диэри:
1 үрдэл – Слепцов Дмитрий Климентьевич – (Ньурба)
2 үрдэл – Додохова Мария Александровна (Чаппанда)
3 үрдэл –Антонова Айаана Владимировна (Кундээдэ)
3 бөлөх
36-50 саастарыгар диэри:
1 үрдэл – Мойтохонова Айталина Михайловна – (Үөһээ-Бүлүү, Кэнтик сэл.)
2 үрдэл –Саввинова Туйаара Семеновна – (Ньурба)
4 бөлөх 50 саастарыттан үөһээ:
1 үрдэл – Васильева Ирина Семеновна – (Күндээдэ)
2 үрдэл –Сухаринова Валентина Егоровна – (Антоновка)
3 үрдэл – Тихонова Татьяна Трофимовна -(Сунтаар)
5 бөлөх. Сана этээччилэр:
1 үрдэл– Иудина Елена Юрьевна (Антоновка, 20 саастаах)
2 үрдэл – Чирикова Ньургуна Владимировна – (Үөһээ-Бүлүү, 40 саастаах)
3 үрдэл – Колесов Дмитрий Васильевич (Эбээн-Бытантай, 50-тэн уоьээ)
Күрэх түмүгүнэн маннык анал ааттар олохтоннулар:
«Аар Дархан этээччи» – Назаров Валерий Иванович – (Чуукаар)
«Аан Дархан этээччи» – Бухолова Валентина Саввична – (Чаппанда)
«Өбүгэ үгэһин утумнааччы» – Осипова Наташа – (Кундээдэ)
«Түһүлгэ биһирэбилэ» – Иванов Роман Данилович – (Сунтаар)
«Көмүс кылыһах» – Хобусарова Мария Владимировна – (Үөһээ-Бүлүү)
«Оһуокай эрэлэ» – Игнатьев Василий Николаевич – (Үөһээ-Бүлүү, Онхой сэл.)
«Уһун тыыннаах этээччи» – Степанов Александр Иванович – (Өҥөлдьө)
«Бастыҥ саҥа этээччи» — Иудина Елена Юрьевна -(Антоновка)
«Оһуокай түһүлгэтин кэскилэ» — Васильев Сахайаан – (Үөһээ-Бүлүү , Кэнтик сэл.) .
Маны таһынан Ньурба улууһун культуратын эйгэтигэр бу күн Кыайыы 75 сылын көрсө атын тэрээһиннэр буоллулар.
Ньурба куоратын Н.И.Харитонова-Николай Чуор аатынан норуот айымньытын «Кыталык” киинигэр «Кубок главы Нюрбинского района» бальнай үҥкүү куонкурса буолла. Дьокуускай куораттан СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин, физкультураҕа туйгуна, «Мозаика” народнай ансамбль уус-уран салайааччыта Михаил Захарович Сивцев кылаабынай судьуйалаата. Кыра оҕоттон аҕам саастаах ветераннарга тиийэ Ньурба, Үөһээ-Бүлүү, Дьокуускай үҥкүүһүттэрэ куонкурска кыттан, көхтөөх киэҥ тэрээһин буолан ааста.
Чаппанда Алексеев Степан Прокопьевич – Боһуут аатынан орто оскуолатыгар «СИЛА НАРОДА» диэн виртуальнай медиа-стенд үөрүүлээхтик арылынна. Үөрүүлээх түгэҥҥэ кыттыыны ыллылар “Ньурба улууһа” МТ баһылыга Иннокентьев А.М., “Чаппанда” МТ баһылыга Бухолов К.Г., оскуола директора Алексеев Ю.В., Дьокуускай куораттан Мультимедийный парк “Россия моя история” методиһа Борисов В.Б., “АЙАР КУТ” медиа-бырайыак директора Иванов Е.В. “Ньурба улууһа” МТ баһылыга Иннокентьев Алексей Михайлович этэринэн, Ньурба улууһуттан Аҕа дойдуну фашистартан көмүскүүр Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ Чаппандаттан саамай элбэх киһи барбыт.
Тэрийээччилэриттэн пароль ылан хас биирдии нэһилиэк, улуус, куорат «Цифровой мемориал участия якутян 1941-1945 годов» диэн бырайыакка modunkyys.ru сайтка кюар кодунан киирэн Улуу Кыайыы тэрээһиннэрин, акцияларын, ветераннар тустарынан матырыйааллары сайтка эбии киллэриэхтэрин сөбүн туһунан уонна бу сайтка киирбит матырыйааллар «Россия – Моя история» Историческай пааркаҕа маай ыйга ыытыллар «Победа 75» мультимедийнай быыстапкаҕа киириэхтэрэ диэн историк Виктор Борисов стендэ арыллыытыгар мустубут дьоҥҥо иһитиннэрии оҥордо.
Чаппанда «Дьоҕур» норуот айымньытын дьиэтигэр киэһэ «КЫАЙЫЫ САЛАМАТА – САЛАМА ПОБЕДЫ» диэн сахалыы тыыннаах, Айыыларга хайыһан аан дойдуга сэрии суох буоллун, иллээх эйэлээх олох салалыннын диэн мустубут дьон бары сырдык санааларын түмэн салама баайдылар, онтон салгыы “Норуот күүһэ” диэн Ньурба улууһун холбоһуктаах хор кэнсиэрэ ыытылынна, Улуу Кыайыы туһунан ырыалары хуорунан ыллааһын буолла.
Ньурбалар бу курдук Улуу Кыайыы 75 cылын көрсө дириҥ ис-хоһоонноох өбүгэлэртэн кэлэр дьиҥ ис күүһү аныгы олоҕу кытта холбоон, инникини кытта ситимнээн үрдүк таһаарыылаах, киэҥ көрүүлээх тэрээһиннэри олохтоохтор күүстэринэн оҥордулар, иллээх, эйэлээх олоххо тардыһыыларын ураты кэрэ айар дьоҕурдарын көмөтүнэн көрдөрдүлэр.
Елена Толстоухова