Роман Алексеев – Амор, Саха НКИХ биэриилэрин уонна араадьыйатын ыытааччытын кытта билсибитим, доҕордоспутум номнуо үһүс сылыгар барбыт. Ханнык баҕарар киһи, кини ханнык хайысханан үлэлииринэн, көрүүтүнэн бириэмэтигэр араас эйгэлээх дьону кытта алтыһар уонна билсэр. Ол курдук биирдэ Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыахтаах “Айар Кут түһүлгэтэ» тэрээһиммитигэр https://ayarkyt.ru/ajar-kut-t-lgete-maja-a/ (ролик озвучкатыгар) кими саҥардабыт диэн толкуйга тутатына, сахалыы тылынан ылыннарыылаахтык, ис киирбэхтик саҥарар уол АМОР куолаһа кулгаахпар субу иһилиннэ. Күн аайы күөх экранынан көрөр, куйаар ситимигэр куолаһын истэр киһим нүөмэрин түргэн соҕустук булан наадабын, көрдөһүүбүн суруйа оҕустум. Роман түргэн үлүгэрдик наадалаах ыйытыыбар сөбүлэҥин биэрэн, эбиитин өссө ыытааччы быһыытынан барсан үлэлэһиэҥ дуо? — диэн көрдөһүүбэр, «тахсан ыытыахпын син, өрөбүл эбит» — диэн эппиэттии оҕуста. Дьыалабытын суругунан, онтон сирэй көрсөн кэпсэтэн олох да уруккаттан билсэр дьон курдук буолан хааллыбыт. Түгэни мүччү туппакка ол күҥҥэ хаартыскаҕа түһэрэн, ыҥырыы видеону устан, интернет ситимигэр баар сайтпытыгар ураты суоллаах – иистээх дьоруой быһыытынан суруйууну таһаара оҕустубут https://ayarkyt.ru/amor/ . Кэнсиэрбитигэр кэрэ аҥардарбытын эҕэрдэлиир былаан баара, аныаха анаабыт курдук олохтоох мелодист Анатолий Стручков «Кэргэммэр» уонна «Хаһан эрэ» ырыатыгар Роман бэлэм нүөмэрдээх буолан ырыаһыт быһыытынан эмиэ барсар буолла.
Роман, киһи быһыытынан олус холку, ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр, куруук үчүгэйи, кэрэни, сырдыгы өрө тутар айар киһи быһыытынан билэбин. Кэнники «Кэргэммэр» — ырыаҕа видеоклип https://youtu.be/eMQMiJAkQ58 устан кулун тутар аҕыс күнүгэр аан дойду кэрэ аҥардарын күнүгэр бэлэх ууммута. Ити барыта чугас киһитигэр ийэтигэр, кэргэнигэр болҕомто уурара арылхайдык көстөр. Хас биирдии киһиэхэ ытыктабыллаахтык сыһыана, аҕаҥ аатын ааттаан толору ыҥырара, олус улахан култууратын, ИИТИИЛЭҔИН көрдөрөр буоллаҕа. Бу ый алтынньы 16 күнүгэр, киэһэ 16.00 чаастан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр СӨ Ийэ сылыгар, Ийэ күнүгэр анаан «Махтанабын ИЙЭБЭР» маҥнайгы айар киэһэтигэр Сахабыт сирин олохтоохторун, Туймаада туонатын дьонун – сэргэтин үтүө түһүлгэҕэ кэлэн көрүҥ, истиҥ, дуоһуйа сынньаныҥ, тэҥҥэ махтаныаххайыҥ ИЙЭЛЭРБИТИГЭР диэн ыҥырабын.
«АЙАР КУТ» түмсүү салайааччыта Егор Иванов.