Тохсунньу ый томороон тымныыта чыпчаалыгар турдаҕына, хайа да түгэҥҥэ сылаас эйгэни олохтуур Сахабыт сирин араас улуустарыттан (Нам, Таатта, Амма, Дьокуускай, Ньурба, Уус-Алдан, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас) кэрэ эйгэтин өрө туппут аҕам саастаах дьоммут, эмдэй — сэмдэй кырачааннарбыт, киириилээх — тахсыылаах ыччаттарбыт бастакы олимпиеспыт Тимир Пинегин аатын сүгэр Аллараа Бэстээххэ «Парус» сырдык, сылаас, спорт дыбарыаһын киэҥ уораҕайыгар, 142 бальнай үҥкүүнү толорооччу пааралар «Кыталык — 2022» аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр кыттыыны ыллылар.
Мэҥэ Хаҥалас диэни иһиттим эрэ кулгаахпар кыталыктар, Кыталык Баһылай, Манчаары дойдута, Мэҥэлэр хайа үрдүгэр диэн тыллар бастакынан киирэллэр. Култуура эйгэтигэр көмүс буукубанан суруллубут Арассыыйа норуотун айымньытын үтүөлээх кэллэктиибэ «Кыталык» норуот үҥкүүтүн бөлөҕө чуолаан бу ансаамбыл аҕата, төрүттээччитэ Кыталык Баһылай уонна кини утумнааччылара Саха сиригэр бальнай үҥкүү ускуустубата сайдыытыгар дьоһун кылааттара олус улахан. Сылын аайы тэрийэр конкурстара хас биирдии кыттааччыга, салайааччыга сылы түмүктүүр олус кэтэһиилээх, долгутуулаах, саҥа сүүрээннэрдээх ураты буолара киһини сөхтөрөр. Улуус духуобунай уонна материальнай өртүнэн тэҥҥэ сайдыытын бу конкурска сылдьыбыт эрэ бары бэлиэтии көрөбүт. Ол курдук сыллата ыытыллар конкурс Мэҥэ Хаҥалас улууһун саҥаттан саҥа спорт, култуура дыбарыстарыгар тэрийиилэрэ, сахалыы истиҥник ыалдьыттары көрсүүлэрэ, хайдах эрэ ураты, дьикти доҕордоһуу бырааһынньыгын кыайа — хото тэрийэллэрин бэлиэтээн махтаныах эрэ тустаахпыт.
Үүммүт саҥа сыл бары кыттааччыларга кыталык үҥкүүтүн көрөн дьолго тиксибитин кэриэтэ, тулхадыйбат модун санаалаах Манчаары Баһылай дойдудуттан саҥа кирбиилэри дабайарга Кыталык Баһылайтан кыайыы алгыһын иҥэринэн, кэлэр тэрээһиннэргэ өссө түмсүүлээхпитин көрдөрөн, ҮҤКҮҮ таҥарата анаан айбыт хамсаныыларын бар дьоҥҥутугар тарҕата, сайыннара, угуйа сылдьыаххыт диэн бигэтик эрэнэбин.
Егор Иванов, «Айар Кут» түмсүү салайааччыта.