Таҥара суолунан (Тропа Тэнгри) диэн саха култууратын, дойдутун киэҥник биллэрэр бырайыагы бары турунан күүскэ өйүөҕүҥ диэн ыҥырабыт. Бырайыак чэрчитинэн саха уола Аман Одун велосипедынан аан дойдуну кэрийиэхтээх, араас омуктарга Саха сирин кэрэ айылҕатын, духуобунай уонна материальнай култууратын көрдөрүөхтээх, кэпсиэхтээх. Итинник гынан Аман бырайыак сыалын толорор — Саха сиригэр болҕомтону улаатыннаран араас көрүҥнээх инвестициялары оҥороллорун ситиһиэ, саха тыла, култуурата сайдыытыгар үлэни өссө үрдүк кэрдиискэ таһаарыа, республикаҕа туризмы сайыннарыыга сыратын угуо, саха материальнай култууратын оҥоһуктара аан дойдуга сэҥээриини ылалларын дириҥэтиэ. Аман Одун ааспыт сылга велосипедынан Амурскай уобаласка, Забайкальеҕа, Бурятияҕа, Иркутскай уобаласка, Красноярскай кыраайга, Хакасияҕа, Тываҕа, Алтайга, Казахстаҥҥа, Узбекистаҥҥа, Кыргызстаҥҥа, Монголияҕа сылдьыбыта. Бу сылтан сылдьар дойдута биллэр элбиэхтээх. Аман бэйэтэ идэтинэн геофизик, Ньурбаттан төрүттээх эдэр, бэйэтин кыаҕын билинэр, дьулуурдаах, соруммутун тиһэҕэр тиэрдэр киһи.

«Тропа Тэнгри» диэн бырайыагын Аман ааттаабыта атын норуоттарга өйдөнүмтүө, күндү ыалдьыт буолар, тоҕо диэтэххэ Тэнгрианство былыр араас омугу холбуур итэҕэлинэн биллэрэ. Үөскүү сылдьыбыт хуннар, түркүттэр, монголлар сүүнэ судаарыстыбалара Тэнгрианство баар буолан сатанан өр кэмҥэ тэриллэн историяҕа биллэллэр. Биллэрин курдук Тэнгрианствоттан араас төрүт итэҕэллэр сыҕарым үөскээбиттэрэ, олор истэригэр саха төрүт итэҕэлэ Айыы үөрэҕэ. Аман Одун кыра харчыга айанныыр хоһуун киһиннэн биллэр. Ол да буоллар өскөтүн киниэхэ харчы хомуйан биэрдэхпитинэ бүттүүн сыалбыт туолара биллэн турар түргэтиэ-тэтимириэ. Онон күндү сахабыт дьоно, уолбутун өйөөн бэйэбитин өйүөххэйиҥ! Сайдыыбытыгар ким төһөнү кыайарынан угуоххайыҥ! Таҥара, өбүгэлэрбит иччилэрин көмөтүнэн, бүттүүн өйөбүлбүтүнэн бу бырайыак ситиһиилээх буолара саарбаҕа суох! Айыллыаппыт намалса! Таҥара биһигини кытта!

Читайте также:  Эн Сулускун!

Мобильный перевод: 89681513108
Получатель: ОДУН АМАН ВИКТОР УОЛА
Номер счета: 40817810376000896117
Банк получателя: ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО СБЕРБАНК
БИК: 049805609
Корреспондентский счет: 30101810400000000609
КПП: 143502001
ИНН: 7707083893
ОКПО: 09287658
ОГРН: 1027700132195

instagram @aman_odun

Ютуб Канал про путешествия, культуру и самобытность потомков степных народов.

Посланник 1-го международного этнофестиваля «Якутия — Миру» Аман Одун: «Выезжая за границу, я открываю себя»

«Тропа Тенгри»: от Полюса холода до края света