Сир ийэ үөскүөҕүттэн киһи аймаҕы
кытта тэҥҥэ хардыылаһан иһэр
саргылаах сахабыт дьоно!
Күн уотун сылааһын, сыламын, сарыалын
искитигэр иҥэриниҥ!
Саха буолан сандаарыҥ, күн курдук
күлүмнээҥ, сылааскытыгар дьолгутун тардыҥ!
Үрүҥ Айыы үтүө күүһүн иҥэринэн санаабыт
саргылаах, толкуйбут томоонноох,
өйбүт өркөн, сардаҥабыт сырдык,
аналбыт арылхай буоллун!
Дом!
«АЙАР КУТ» АЛГЫҺА
Айыыһыт тыынынан айыллан үөскээбит
Алгыстаах аналгын арынар туһугар
Удьуоруҥ устунан уот эйгэҥ тарҕанар
Өбүгэҥ үтүөтэ буоларгын өйдөө дуу!
Иэйэхсит оччо5о ийэ сир иэниттэн
Илгэтин, быйаҥын эйиэхэ иһэрдиэ
Ис кыаҕыҥ уһуктан, уйулҕаҥ күүһүрэн
Айар күүс алыптаах аартыгын арыныаҥ!
Дьөһөгөй айыыта дьоҕургун харыстыа
Дьулуурдаан, тулуурдаан буһарыа-хатарыа
Өй-сүрэх ситимин толору биллэрэн
Санааҕын ситиһэр суолларгын солоһуо!
Хотойдуу көтүөҕүҥ, ырааҕы көрүөҕүҥ
Көй халлаан күөнүгэр көҥүлү билиэҕиҥ
Күн ууһун дьоннорун далайга дабатан
Тахсар күн сарыалын көрдөрөр буолуоҕуҥ!
Айылҕа үөрэҕин арааран өйдүөҕүҥ
Аналгын, идэҕин арыйан иһиэҕиҥ
Улуу Суор куорсунун илиигэр ылаҥҥын
Олоҕуҥ оһуорун аһыллан айыаҕыҥ!
Сүҥ Дьааһын уотунан ис эйгэҥ сырдыаҕа
Сүрэҕиҥ сылааһа тулаҕар тыгыаҕа
Үрүҥ күүс үөскэппит утаҕыҥ түмүллэн
Кэрэтэ эйиэхэ эргиллэн кэлиэҕэ!
Дьылҕаҕын өйдүөҕүҥ, илиигэр ылыаҕыҥ
Таҥхатын тус күҥҥэ туһанар буолуоҕуҥ
Сарсыҥҥы күннэриҥ сарыала арыллар
Билгэтин бигэтик билэҥҥин үөрүөҕүҥ!
Одунтан ыйаахтаах буор кутуҥ бөҕөргүө
Чыҥыстан салгын кут сайдыыта салаллыа
Ийэ өй томоонноох толкуйгун тобулуо
Саргылаах санааҕын салайан сааһылыа!
Кэскиллээх киэҥ эйгэ сайдыытын тардаҥҥын
Айбыкка махтанан алгыскын эппиккэр
Аан дойду аартыга арыллан сыыйыллыа
Сир ийэ ис уоҕа эйиэхэ түмүллүө!