Өрөспүүбүлүкэбит талба талааннаахтара – норуот маастардара, иистэнньэҥнэр, уустар сылын аайы ыытыллар “Якутия мастеровая” Х-с быыстапка – дьаарбаҥкаҕа Өксөкүлээх Өлөксөй аатын сүгэр норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр лыык курдук муһуннулар. Бу күн “Аар Муус“ баараҕай бырайыак ааптара Василий Атласов түҥ былыргыттан баччаҕа диэри дойдубут чэҥ мууһун, көмүрүө хаарын, чысхаанын, томороон тымныытын бэлиэтэ — Дьыл быт Оҕуһун уобараһа дьон-сэргэ болҕомтотун үөһүгэр турда, быйылгы быыстапканы үөрүүлээхтик аһар тэрээһин ураты уонна чаҕылхай түгэнинэн буолла. Уобараһы аан бастаан киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, сүрэхтээһин Василий Атласов эт илиитинэн тутан -хабан, таба, сүөһү тириилэрин тиирэн ураннык оҥорбут табыгын, охсор, тыаһы -ууһу таһаарар үнүстрүмүөннэринэн доҕуһуолламмыта сүрэх тэбиитин кытта хоһуласта, өрүкүттэ, өрө күүртэ.
Василий Атласов олоҕун, айар үлэтин дьогдьойор саалын – 75 сааһын үс баараҕай бырайыактаах көрсөр. Итилэртэн биирдэстэрэ – “Аар Муус”.
“Бэлиэ 75 сааспын туолуубар өйбөр -санаабар, сүрэхпэр -дууһабар өр кэмҥэ иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт, аан дойду таһымыгар сэҥээриини ылыан сөптөөх “Аар Муус” бырайыагым иитинэн Дьыл Оҕуһун уобраһын дьоммор -сэргэбэр таһаарар долгутуулаах, дьоро күнүм бүгүн тосхойдо. Уобарас мааны бэйэлээх таҥаһын-сабын Анисия Афанасьева салайыытынан Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгин иистэнньэҥнэрэ ураннык тигэн таһаардылар, Роман Готовцев иилиир-саҕалыыр уустар бөлөхтөрө сиэдэрэй симэҕинэн симээтилэр. Тымныы муҥуутуур өргөһүн көрдөрөр ураа муостар, уу тойуччу тоҥуута Дьыл Оҕуһа баһыгар кэтэр хоруоната кинилэр айар дьоҕурга илгэлээх илиилэрин иһиттэн чочуллан таҕыстылар”, — диэн Василий Николаевич кэпсиир.
Кини этэринэн, күн-дьыл лаппа тымныыйыытын бэлиэтин – муоһу оҕуска тымныы күүһүрэн истэҕин аайы бастакыны, онтон иккиһи кэтэрдэллэр. Оттон тымныы мүлүрүйүүтэ ити муостары биир -биир уһулаллар. Василий Атласов “Аар Муус “ баараҕай бырайыак чэрчитинэн Хаарчаана, муостара уһуллар Дьыл Оҕустарын сувенирдара, о.д.а баар буолуохтарын сэһэргиир. “Уобарас Саха сирин ыалдьыттарыгар, омук дойдуларыттан кэлэр туристарга сэҥээриини ылыаҕар, кинилэргэ кэрэхсэнэр ис хоһоонноох, уран оҥоһуулаах бэлэх буолуоҕар, ону аһара баран үлэ ырыынагын кэҥэтэригэр бүк эрэллээхпин”, — диир. Бырайыак силигэ ситтэҕинэ -хоттоҕуна аан дойду киэҥ киэлитигэр тахсар, аатырар -сураҕырар толору кыахтаах. Ааптар Василий Атласов бэлиэтииринэн, Арассыыйа, аан дойду таһымнарыгар ыытыллар кыһыҥҥы оонньуулары, күрэхтэһиилэри үөрүүлээхтик аһар, сабар үгэскэ сахалар Дьылбыт Оҕуһа сүрүн бэлиэ буолуон сөп. Кыымтан уот саҕыллар, санааттан санаа үөскүүр дииллэринии, кини Дьыл Оҕуһа көрүүгэ -истиигэ тахсыан, болҕомто киинигэр туруон сөптөөх эйгэтэ, эргимтэтэ элбэҕин этэр. Ити сонун, сэргэх толкуйдарынан ситэриллэр.
Кини иккис бырайыага – дирбийэр-дарбыйар тыаһы -ууһу таһаарар үнүстүрүмүөннэр. Эрдэ этэн аһарбыппыт курдук, итилэри Василий Атласов таба, сүөһү тириилэриттэн тиирэн, бэс, чарааһатыллыбыт хатыҥ мастарынан тирэхтээн оҥорбут. Тириинэн, уҥуоҕунан урукку өттүгэр хаһан да оҥоһулла сылдьыбатах дьаҕа тыаһы -ууһу өссө ордук тупсарар.
“Кыыл Уолун аатынан үҥкүү тыйаатырын аркыастырын салайааччыта Николай Петров маннык үнүстүрүмүөннэргэ наадыйарын эппитэ. Кини, муусуканы тилэри билэр киһи этиитинэн, иҥэн-тоҥон тыаһатан көрүүтүттэн бу “Ой дуораана “ кэмпилиэк оҥоһуллан таҕыста. Үнүстүрүмүөннэр тыастара эҥин -эгэлгэ. Холобур, сүөһү тириитэ халыҥ, инньэ гынан дирбиэнэ бүтэй, добун”, — диир кини. Маныаха майгынныыры, маннааҕар өссө улахаттары, элбэҕи Василий Николавевич ансаамбылларга, тыйаатырдарга анаан оҥорбут, бэлэхтээбит. Бэл, монголлар сакаастаан бэйэлэрин омуктарын гиэнин оҥотторбуттар. Василий Атласов табыгы уонна ойуун дүҥүрүн оҥорууга патент ылбыт уус буоларын эбэн этиэҕи баҕарыллар.
Василий Атласов Таатта Чычымаҕын сиригэр -уотугар Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт комплекса – кини сүрүн, үйэтитиигэ сүҥкэн суолталаах барыла. Манна кини айар дьоҕурун, сатабылын кутаата өссө күүскэ күөдьүйэр. Дьон -сэргэ сөбүлээн тоҕуоруһар кэрэ-мааны сирдэригэр кини аан дойдуга тиийэ биһирэнэр “ландшафтный дизайн” хайысханы сайыҥҥы өттүгэр иилии-саҕалыы, үүннүү-тэһииннии сылдьар. Кэмэ кэллэҕинэ, көрөн-истэн саҥа аллайарбыт, кэрэхсиирбит – иннибитигэр…
“Хас биирдии барылым, барайыагым омукпут уратытыгар олоҕурбут, бэйэм эт өйбүттэн -санаабыттан үөскэтэн таһаарарбын туохтааҕар да өрө тутабын. Урут баары үтүктүүнү, хал буолбуту хатылааһыны биһирээбэппин. Мин саҕалаабыппын атыттар иилэ хабан ылан, өссө ордук тупсаран биэрэллэриттэн, киэҥник тарҕаталларыттан үөрэбин. Ол аата мин кинилэргэ хамсатар күүс буолбуппун. Сайдыы олугун охсубуппун, ол сүрүн төрүөтэ буолбуппун диэн киэн туттуохпун сөп”, — диир. Василий Николаевич бу этиитигэр кини аан бастаан күр мууһу кытта күрсүбүт кэмин, дьон -сэргэ биһирэбилин ылыан ылбыт Сототун тута саныы биэрэҕин. Ити саҕалааһын билигин биһиги, сахабыт уустарын аан дойду үрдүк кирбиитигэр таһаарда диирим күүркэтии, аһара барыы буолбат.
Баары үрүт үөһэ үтүктүбэт, саҥаттан-саҥаны көрдүүр, булар Василий Атласов барҕа баай, ол гынан баран билигин умна быһыытыйан эрэр атыллыыта суох култуурабыт, итэҕэлбит, сиэрбит-туоммут курдук омукпут кэрэтин, күндүтүн чочуйан, чопчулаан, чөкөтөн, чөмчөтөн киэҥ эйгэҕэ таһаарарбыт сайдыы силлибэт силиһэ, кини олоҕун сыала -соруга буоларын ордук чиҥэтэн этэр.
Бэлиэ 75 сааскынан “Айар кут” айар бөлөх аатыттан эҕэрдэлиибит! Байымы, байылыаты, барҕарыыны!
Елена ОБУТОВА.